Простой диэн тылы нууччалар элбэх суолтаҕа тутталлар
Бастакытынан киһини, дьону простой диир буоллахтарына мин өйдүүрбүнэн сахалыы көнө, судургу майгылаах, дьонтон улахан туох да уратыта, үчүгэйэ да куһаҕана да суох киһи диибин. Простой харандаш диэтэхтэринэ - өҥө суох харандааһы эттилэр диибин. Онтон простой рабочей силы, механизма - диэтэхтэринэ туох эрэ сылтаҕынан, төрүөтүнэн үлэһит дьон, массыыналар үлэтэ суох хааланнар үлэлиэхтээх үлэлэрэ үлэлэммэккжэ хаалбыт эбит дии саныыбын.